Featured In

Credits

PERFORMING ARTISTS
Куннэй
Performer
COMPOSITION & LYRICS
Наталья Михалева-Сайа
Songwriter
Ульяна Ли-Фу
Songwriter

Lyrics

Санаабын ханна да саһыаран,
Харахпын ханна да куотаран
Арахпат эбиппин кинини
Ахтартан, суохтууртан, таптыыртан
Биир чыпчылҕан түгэни
Көрдөһүөм дьылҕаттан
Эн, эн эрэ мичээрдээн
Ааһыый ыраахтан.
Аан дойду иччитэх кэриэтэ,
Бороҥ суол иннибэр тэлгэнэр
Эн суоххун олохпор, кэскилбэр,
Эн бааргын бу ытыыр сүрэхпэр
Биир санаа кулута буолумуум,
Биир иэйии иһигэр мунумуум.
Көҥүлбүн сүрэхпэр тууйумуум,
Ыллыкпын киниттэн араарыым...
Суох!
Санаам, сулуспун туурума,
Сайыным, саһыма.
Сүрэҕим эрэйин, эрэлин
Эгэлгэ суолтатын сотума.
Written by: Наталья Михалева-Сайа, Ульяна Ли-Фу
instagramSharePathic_arrow_out