Incluido en

Créditos

ARTISTAS INTÉRPRETES
Дарья Лаврова
Intérprete
COMPOSICIÓN Y LETRA
Егор Неустроев
Composición
Ымыы
Letra

Letra

Тааттабар
Ымыы тыл.
Е.И. Неустроев
Олордум Тааттабар мин үйэм тухары
Эйэҕэс санаалаах дьоннорбун кытары
Кэрэҕэр бигэнэн атаардым сыллары
Сэргэбин туруордум көлөбүн баайары
Төрөөбүт эбиппин мин ырыа ыллаары
Тапталлаах Тааттабын айхаллыы туойаары
Күн көмүс чыычааҕын көҥүлгэ ыытаары
Дьол үөрүү чороонун көтөҕөн ылаары
Хайа дойдуга бардарбын курдары
Ахтаммын кэлэбин кырыска хаамаары
Уостугас долгуҥҥар умсаахтан ылаары
Көҕөрбүт кытылгар сыламнаан ылаары
Олус да таптыыбын Чэлгийэ тылларгын
Дьэдьэн, күөх сытынан дыргыйар тыаларгын
Былытын үрдүнэн тэлээрэр лыахтаргын
Кэрэттэн уһуктар талбаарар хаастаргын
Written by: Егор Неустроев, Ымыы
instagramSharePathic_arrow_out