Titres les plus populaires de Нарияна Куо
Crédits
INTERPRÉTATION
Нарияна Куо
Interprète
prettyboybreaker
Remixage
COMPOSITION ET PAROLES
Борисов Андрей Сергеевич
Composition
Маркова Татьяна Александровна
Paroles/Composition
Анатолий Егоров
Paroles/Composition
Paroles
Түүн аайы сулустар халааҥҥа тыгалларын
Көрөҕүн даҕаны билбэккин дии хастарын
Онтон миэхэ биири бэлэхтиэм диэн этэҕин
Сулустар таҕыстылар да, тиийэн кэлэҕин
Доҕоччуок, сулустар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар, миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйиигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарыҥ тылларыҥ, ырыаларыҥ
Саха сирин саамай күндү тааһын алмааһы
Бэлэхтиэҕим диигин өссө элбэх арааһы
Өйдөөрүүй сэгэриэм ити олус диэн кэрэ
Ол да буоллар миэхэ син биир тиийбэт туох эрэ
Доҕоччуок, алмаастар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар, миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйиигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарыҥ тылларыҥ, ырыаларыҥ
Доҕоччуок, алмаастар миэхэ наадата суохтар
Бэйэҕэр хааллар, миэхэ бааллар
Наада миэхэ эйиигиттэн ыраас тапталыҥ
Нарыҥ тылларыҥ, ырыаларыҥ
Written by: Анатолий Егоров, Борисов Андрей Сергеевич, Маркова Татьяна Александровна