में प्रस्तुत

क्रेडिट्स

PERFORMING ARTISTS
Samadhi-Saki
Samadhi-Saki
Performer
COMPOSITION & LYRICS
Абдумалики Холик
Songwriter

गाने

Үөһэттэн бэлиэлээхпин,
Кистэлэҥ билиилээхпин.
Сахалыы иитиилээхпин,
Саҥалыы көрүүлээхпин.
Өбүгэ тирэхтээхпин,
Мин бигэ тирэхтээхпин.
Күҥҥэ үҥэр дьонноохпун,
Күҥҥэ үҥэр дьоллоохпун.
Уран-уус аҕалаахпын,
Уһанар дьылҕалаахпын.
Төрөппүт ийэлээхпин,
Төрөөбүт дойдулаахпын.
Саха буолан сирдээхпин,
Саха буолар сиэрдээхпин.
Оһохтоох олохтоохпун,
Олохтоох оһохтоохпун.
\"Ойуун ойуур\" куттаахпын,
\"Устар эбэ\" хааннаахпын.
\"Охсор дүҥүр\" кыымнаахпын,
\"Тэбэр сүрэх\" уоттаахпын.
Итэҕэл кынаттаахпын,
Мин көтөр аналлаахпын.
Айар айылҕалаахпын,
Айыы айылгылаахпын.
Тойук туойар тыыннаахпын,
Олоҥхолуур тыллаахпын.
Саһарҕа саҥалаахпын,
Сырдыгы саҕыахтаахпын.
Олохпор сирдьиттээхпин,
Сүрэхпин истиэхтээхпин.
Бар дьоммор илдьиттээхпин,
Мин ону илдьиэхтээхпин.
Айаммар аргыстаахпын,
Дэгэрэҥ ырыалаахпын.
Ыһыкпар алгыстаахпын,
Ыһыахха көрсүһүөхпүт.
Written by: Абдумалики Холик
instagramSharePathic_arrow_out