크레딧
실연 아티스트
KitJah
보컬
Борисов Вадим Федорович
건반
작곡 및 작사
KitJah
가사
Борисов Вадим Федорович
작곡가
프로덕션 및 엔지니어링
KitJah
프로듀서
가사
Айгыр астаах силиктээх Аал Луук Мас
Аан Алахчын ыйыгар биирдии Уус талаҕыгар
Саҥа сэбирдэх үөскэтэр тылыннарар
Ол күнтэн ылата олохпун Одун Хаан айбыта
Томолоон маҥан күннээх күөх халлаан анныгар
Окко түспүт оҥоһуум сииккэ түспүт сэрэбэйим
Бэйэн эрэ билэн эрдэҕин миигин туох кэтэһэрий
Иэйэхсит Эдьээн Ийэ хотун үтүө тыына
Бар дьоммун барыларын үҥэн этэбин арыаллаа
Илиҥ халлаан аҕата Үрүҥ Айыы Аар Тойонум
Ыраах чугас аймахтарбын көрдөһөн эрэбин арчылаа
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо оһуохай чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо оһуохай чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ
Айдам Сайдам дьиэ уот туттан
Айҥаат хаан аймах
Уҥаар буруота уостума
Умуллума ханна да буоллум умнума
Бэйэҥ мутуккун көрдүм ээ
Алҕаар Хаан Тэтэрикээн
Аан дойдубут киэҥ да киэҥ
Ханна баарый мин да мин
Биирдэ эрэ кэлбитим
Саха буолан төрөөбүтүм
Бэйэм тылбын билээрибин
Итэҕэлбин өйөөрүбүн
Өбүгэбин өйдөөрүбүн
Санаабын санаа сап саҕырбатын
Адьарай хараҥа дьай мин суолбар турбатын
Им балай мин туонабын буулаабатын
Аартык биэдин иннигэр
Эрэлин эрэ баар илиигэр
Сүрэҕин истинник үөрэригэр
Олох бэйэтэ үөрэтэр
Уустуктартан күрэтэр
Иэйэхсит Эдьээн Ийэ хотун үтүө тыына
Бар дьоммун барыларын үҥэн этэбин арыаллаа
Илиҥ халлаан аҕата Үрүҥ Айыы Аар Тойонум
Ыраах чугас аймахтарбын көрдөһөн эрэбин арчылаа
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо оһуохай чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ
Аал уоккар аста кээс эһээм оҕонньор
Аар баарбах сэргэн анныгар туойдун тойук
Олоҥхо оһуохай чохчоохой дьиэрэҥкэй
Дэлэйдин дьолун диэ
Written by: KitJah, Борисов Вадим Федорович