Músicas mais populares de Samadhi-Saki
Músicas semelhantes
Créditos
INTERPRETAÇÃO
Samadhi-Saki
Interpretação
COMPOSIÇÃO E LETRA
Тиллоев Абдумалики Холик
Composição
Пермяков Ариан Николаевич
Composição
Letra
Саха туруктаах уолуң иһэр!
Хайа тардар, дабайыы күүтэр.
Миигин ыңырар, миигин кэтэһэр
Хайа үрдүгэр \"хотой үңкүүтэ.\"
Айыы Тыыннаах
Эр Санаа Ох-Хотор!
Кыайыы кынаттаах
Көтөр уол-хотой!
Кутун талан - куттанан,
Боотур сүрэҕэ тэбиэхтээх.
Куту таҥан - куйахтанан,
Хотой үөһэ көтүөхтээх.
Айыы Тыыннаах
Эр Санаа Ох-Хотор!
Кыайыы кынаттаах
Көтөр уол-хотой!
Күлүгүн кытары хапсыһар,
Олоҕун туһугар охсуһар.
Бэйэтигэр куруук хотторор,
Абааһытын куруук охторор.
Охтуом, туруом,
Көнө суолга туруом!
Түһүөм, тахсыам,
Инним хоту түһүөм!
Сүтүөм, төннүөм,
Салҕыы баран иһиэм!
Өлүөм, тиллиэм,
Хайаан да мин кыайыам!
Айыы Тыыннаах
Эр Санаа Ох-Хотор!
Кыайыы кынаттаах
Көтөр уол-хотой!
Хот өйгүн -
Хотойгун!
Сүрэҕиҥ уот - көмөлөһүө.
Бэйэҕин хот - ой үөһэ.
Хайа - тардар!
Хайа - тардыам!
Written by: Пермяков Ариан Николаевич, Тиллоев Абдумалики Холик