Featured In

Credits

PERFORMING ARTISTS
Rozanna Z
Rozanna Z
Performer
COMPOSITION & LYRICS
Бурнашева Анна Николаевна
Songwriter

Lyrics

Үчүгэйдик даҕаны
Имэрийэ көрөҕүн,
Чахчы сырдык сулустуу
Мичилийэ кыыһаҕын.
Эйэҕэстэй мичээриҥ,
Эдэр холку көрүҥүҥ
Күүстээх таптал иэйиитин
Туоһулуурга дылылар
Эйигиттэн атыҥҥа
Эрэйдэммэт сурэҕим,
Өрүү күүтэр быһыынан
Уйаҕастык ньүөлүйэр
Көрсө түһээт долгуйан,
Үөһэ тыынан ылабын,
Этиий миэхэ биир тылла
Дууһам олус эрэйэр
Таалан туран хааллыбыт
Эн мин, халлаан барыта,
Икки сурэх тэбиитэ
Сир үрдүгэр битийдэ
Тунал хаарбыт сыыйыллан
Сырдык хоту тардыста,
Ибир уоскун даҕайан
Итии тыыныҥ илгийдэ
Тунал хаарбыт сыыйыллан
Сырдык хоту тардыста,
Ибир уоскун даҕайан
Итии тыыныҥ илгийдэ
Тунал хаарбыт сыыйыллан
Сырдык хоту тардыста,
Ибир уоскун даҕайан
Итии тыыныҥ илгийдэ
Written by: Бурнашева Анна Николаевна
instagramSharePathic_arrow_out