Krediler

PERFORMING ARTISTS
Арчын
Performer
COMPOSITION & LYRICS
Решетников Латис Артурович
Composer
Сивцев Петр Петрович
Songwriter

Şarkı sözleri

Саныыр санаам барыта эн эрэ
Тоҕо оннугун бэйэм билбэппин
Ол эрэн мин сүрэҕим сэрэйэр
Эйиигин эрэ мин таптыыбын диэн
Күн аайы күүтэбин суруйаргын
Истиэхпин баҕарабын куоласкын
Сырдык мичээргин миэхэ көрдөрүй
Нарын ытыскын миэхэ эн уунуй
Хараххын одулаан олорон
Ыраахха дайыах курдукпун мин
Эн аттыгар мин дьоллохтук сананабын
Бу хараҥа дойдуга
Соҕотох хаалар да күннэргэр
Мин эйиэхэ күүс-көмө буолуоҕум
Өскөтүн бары утары турдуннар
Мин аттыгар хайаан да баар буолуом
Хараххын одулаан олорон
Ыраахха дайыах курдукпун мин
Эн аттыгар мин дьоллохтук сананабын
Бу хараҥа дойдуга
Көтүөххэ ол халланна
Туох баар кыһалҕаны умнан туран
Инньин диэкки тэннэ хардыылыахха
Уһун олохпут суолун ситимнээн
Хараххын одулаан олорон
Ыраахха дайыах курдукпун мин
Эн аттыгар мин дьоллохтук сананабын
Бу хараҥа дойдуга
Хараххын одулаан олорон
Ыраахха дайыах курдукпун мин
Эн аттыгар мин дьоллохтук сананабын
Бу хараҥа дойдуга
Written by: Решетников Латис Артурович, Сивцев Петр Петрович
instagramSharePathic_arrow_out

Loading...