Тускулаана Горохова - Кобельянова 的热门歌曲
制作
出演艺人
Ефим Авелов
表演者
Тускулаана Горохова - Кобельянова
表演者
作曲和作词
Егорова Мария - Тойуктаах Маарыйа
词曲作者
Зверев Илья
词曲作者
歌词
Хотун Бүлүү биэрэгэ
Хампа күөхтээх кытыла.
Дьолооох олох биһигэ,
Дьонноох туона кырдала.
Толоон, Туойдаах, Түбэй Дьаархан,
Бүлүүчээн - Сунтаар сирэ
Түбэй, Тэҥкэ, Наахара
Кириэстээх - Сунтар сирэ
Дьоһун музей дьиктитэ
Дьон сүрэҕин долгутар
Айылҕатын кэрэтэ
Астыннарар, сөхтөрөр
Кээппэндэйи, Тойбохой
Элгээйи - Сунтар сирэ
Аллыҥа, Арыылах
Күндэйэ - Сунтаар сирэ
Дорҕоон ырыа дьиэрэйэр
Добун тойук кутуллар
Оонньуу көр-нар дуорайар
Тунах ыһыах ыһыллар
Маар Күөл, Дьаархан, Куукэй, Сиэйэ
Ыгыатта - Сунтаар сирэ
Хадан, Хоро, Уустуйа,
Илимниир - Сунтаар сирэ
Тойон сэргэ аттыгар
Уохтаах кымыс иһиллэр
Алгыс баһа сыаланар
Айхал тыла этиллэр
Куокуну, Сардаҥа,
Кутана - Сунтаар сирэ
Кээппэндэйи, Тогой Сэлэ
Элгээйи - Сунтар сирэ.
Written by: Егорова Мария - Тойуктаах Маарыйа, Зверев Илья