音樂影片

收錄於

積分

演出藝人
Ефим Авелов
演出者
詞曲
Ефим Авелов
詞曲創作
Кобельянова Мария - Тускулаана
詞曲創作

歌詞

Олоҕум орто омурҕаныгар
Үлэм кэрэ угэнигэр
Дойдум дьоно үксүтэ
Дьолу түстэн буолуо дуо?
Хата төттөрүнү биттэнэн
Арааhы албастаан арааран
Хатыйаллар дии хаhыыннан-хаhыыннан, хаhыыннан
Оо, ол онно мэhэй дии
Оо, ол онно кэhэй диир,
Оо олох оройо аймаама –аймаама, аймаама
Ыра санаам уйатыгар
Этэр тылым эгэлгэтигэр
Дойдум дьоно сорҕото
Сору түстээн буолуо дуо?
Хата алгыhынан арыаллаан
Кэрэни кэрэхсээн биhирээн
Кынаттыыллар дии иэйииннэн, иэйииннэн- иэйииннэн
Оо, ол онно кыайыы дии
Оо, ол онно кыаллыа диир,
Оо, олох оройо уруйдан-уруйдан, уруйдан!
Олоҕум орто омурҕана,
Үлэм кэрэ угэнэ
Ыра санаам уйата,
Этэр тылым эгэлгэтэ
Бар дьоммуттан бааламмакка
Дьон тылыттан саллыбакка
Барҕар уруйдан-айхаллан, айхаллан!
Written by: Ефим Авелов, Кобельянова Мария - Тускулаана
instagramSharePathic_arrow_out