album cover
ujgu bujan
album cover
ujgu bujan was released on July 15, 2026 by 5G as a part of the album ujgu bujan - Single
ReleasedJuly 15, 2026
Label5G
BPM93
Melodicness
Acousticness
Valence
Danceability
Energy

Lyrics

(Былыт баттыыр)
Былыт баттыыр саатар куоратпыт барыта быыл
Мало суолбут алдьаммыт өссө перекрёсток кыһыл
Сааһылыыр киһи өйбүн, санаабын туман абылыыр
Маркер араҕас аны хаһан суруйан саҕылыыр
Хаһан ымыы ыллыыр, күн ытыспар таммалыыр
Дьиҥэ Аммалыыр киһи, сайын кыракый сынньаныы
Хаһан иэйиим хонуута тыллан сардааналыыр
Тыым кытылга диэри хаһан эрдэн саҕалыыр
Ыраас халлаан холкуй санаа (Холкууй санаа)
[Мугутта?] ыллаа, хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа
Эрэй да хаһыҥа, мэһэй гыныма (Мэһэй гыныма)
Саҥарыма, хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа (Уйгу быйаҥҥа)
Турума туора, эн анныгар сыалай Дьокуускай куорат
Олохпут суорат буолбатах, эрээри абыраат
Бииргэ эмиэ сыыһа тостубакка, кынаккын сарат
Нужно больше золота, нужно построить зиккурат
Братан, дириҥник тыын, симэн ыл хараххын
Санаагар наҕыллык ыллаан уулуссанан хаамтым
Бу сиргэ кыайбатым, хотторботум диэн суох
Билэгин дуо кэрэтин олорорум олох
Ыраас халлаан холкуй санаа (Холкуй санаа)
[Мугутта?] ыллаа, хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа
Эрэй да хаһыҥа, мэһэй гыныма (Мэһэй гыныма)
Саҥарыма, хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа (Уйгу быйаҥҥа)
Абылаа, хам ылар им балай
Самнарар, дьаабылаан, эмиэ туолбат былаан
Сыыҥк-сыраан буолан ытаан хомуллар
Хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа
Хардыы эн чугаһаатын
Ааны арыйан нэличчи аастын
Ыраас халлаан холкуй санаа (Холкуй санаа)
[Мугутта?] ыллаа, хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа
Эрэй да хаһыҥа, мэһэй гыныма (Мэһэй гыныма)
Саҥарыма, хас биир хамсаныы уйгу быйаҥҥа (Уйгу быйаҥҥа)
Written by: sofroneev aisen, Ньургун Максимов
instagramSharePathic_arrow_out􀆄 copy􀐅􀋲

Loading...